Warning: Cannot modify header information - headers already sent by (output started at /srv/www/clients/client1/web247/web/back/wp-includes/script-loader.php:2938) in /srv/www/clients/client1/web247/web/back/wp-content/themes/betunclub/functions.php on line 216

Warning: Cannot modify header information - headers already sent by (output started at /srv/www/clients/client1/web247/web/back/wp-includes/script-loader.php:2938) in /srv/www/clients/client1/web247/web/back/wp-content/themes/betunclub/functions.php on line 219

Warning: Cannot modify header information - headers already sent by (output started at /srv/www/clients/client1/web247/web/back/wp-includes/script-loader.php:2938) in /srv/www/clients/client1/web247/web/back/wp-content/themes/betunclub/functions.php on line 220

Муус устар 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин кунэ

| 3 | 0 | 0

Муус устар 27 күнүгэр Бөтүҥ нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр. Ол курдук, сарсыарда 11 чааска Бөтүҥ нэһилиэгин депутаттарын сессиятыгар Попова Саина Ивановна салайаачылаах, сахалыы музыкальнай инструмент доҕуһуоллаах «Ситим» фольклорнай ансаамбыл э5эрдэлээтэ. Ону таһынан бу сессияҕа депутаттарга Бөтүҥ нэһилиэгин Аҕа баһылыга депутат буолууну туоһулуур бэлиэ значоктары туттарда.

Күнүс 2 чааска «Бөтүҥнээҕи Степан Яковлевич Левин аатынан норуот айымньытын киинигэр» Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ мустубут дьон илии илиилэриттэн ылсыһан саха омук төрүт үҥкүүтүн — оһуохайы оройуттан туттулар. Нэһилиэк тэрилтэлэрин эдэр ыччата «Таптыыбын Сахам сирин» диэн ааттах викторинаҕа күөн көрүстүлэр. Кыайыылааҕынан Бөтүҥнээҕи «Мичээр» уһуйаан хамаандата буолла.

Комментарии (0)

Оставить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

ПОДПИСКА НА РАССЫЛКУ

Получайте новости и события МБУ «Название организации»